Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр

Оскуолабыт тэлгэһэтигэр Саха Республиката тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах үөрүүлээх линейка ыытылынна. Линейканы школа директора Ю.В. Кынатов арыйда, эҕэрдэлээтэ, ааспыт кэм историятын кэпсээтэ.

А.С. Миронов мэҥэ тааһыгар тахсан миитиннээтибит. Директор Ю.В. Кынатов, историк Федотов Т.Н., үөрэппит учуутала Стручков Д.Д. тыл эттилэр. Оскуола бастыҥ уолаттара «Ахтан ааһыаҕыҥ» В.Сивцев хоһоонун аахтылар.