Гольдеров Петр Федорович
Директор начальной школы в 1987-1992гг
Төрөөбүт күнэ: 1943.03.20, Ороһу нэһилиэгэ
Үөрэҕэ: үрдүк, физик-математик, Иркутскайдааҕы государственнай педагогическай институт, 1968 с.
Категорията: үрдүк
Оскуола дириэктэринэн 1987 – 1992 сс. үлэлээбитэ
Наҕараадалара: “Социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа – 1973”, РСФСР норуотун үөрэҕэриитин туйгуна
Алын сүһүөх оскуола бастакы директорынан Петр Федорович Гольдеров анаммыта. Оскуола эргэтин таһынан, улахан кылаастар саҥа оскуолаҕа көһөн баралларыгар дэлби ыһан-тоҕон, харыстабыла суох наадалаахтарын көтүрэ тардан барбыттара көрөргө ыарахан хартыына этэ. Үлэттэн толлубат кэллэктиип, бэйэтин салайынан хаалбыт үөрүүтүгэр, улахан мөккүөрэ суох, оскуоланы чөлүгэр түһэрэргэ үлэлэһэн барбыта. Улахан көмөнү төрөппүттэрбит барахсаттар оҥорбуттара.
Оҕолор улахан куорпуска, Куду, эргэ маҥан физмат дьиэлэригэр онтон алталаахтар эргэ интэринээккэ үөрэниэхтээхтэрэ. Маны сэргэ саамай үөрэххэ наадалаах бибилиотекабыт дьиэтэ эмиэ туспа турара. Ол аата биэс объегынан тарҕанан олорбуппут. Аны уота, ититиитэ ирдэбилгэ эппиэттээбэттэрэ. Директор Петр Федорович сүүрэн–көтөн баар итэҕэстэри туоратыыга күүскэ ылсыбыта. Бастакынан улахан корпуска ичигэс туалет туттарбыта. Эһиилигэр капитальнай ремонт ыытыллан үс хос эргэ түннүктэр аныгылыы моһуоннаан улартыллыбыттара. Оскуолабыт барахсан биирдэ дьэргэс гына түспүтэ.
Үөрэх завуһунан сүрдээх мындыр, ырааҕы эрдэттэн өтө көрөн салайар, ураты ирдэбиллэх Анастасия Яковлевна Львова үлэлээбитэ. Кини үөрэхтээһин саҥа технологияларын элбэхтик ааҕан үөрэтэрэ, бэлиэтэнэрэ. Ол курдук Л.Н.Лысенкова эрдэлээн үөрэтиитин, А.А. Амонашвили алта саастарыттан үөрэтиитин уонна да атын методикалары учууталларга илдьиритэн быһаарара, үлэлэригэр туһаналларын ирдиирэ. Коллектив эдэрэ. Баай опыттаах учууталлар Евдокия Семеновна, Ульяна Николаевна, Розалия Егоровна, Валентина Николаевна, Валентина Александровна, Валентина Ивановна эдэрдэри наар кэлэ-бара үөрэтэ сылдьаллара.
Анастасия Яковлевна Петр Федоровичтыын оҕо саастара бииргэ ааспыт, бииргэ үөрэммит буоланнар иккиэн тыл аҥарыттан өйдөһөллөрө. Бэйэ бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэрэ. Биирдэрэ хаһаайыстыбаны, биирдэрэ үөрэх хаамыытын таба тутан үлэлээбиттэрэ. Сахалыы тылынан алталаахтар кылаастара арыллыбыта. Учууталынан эдэр, элбэҕи эрэннэрэр учуутал Чуручанова Наталья Васильевна, иитээччинэн уонтан тахса сыл детсадка үлэлээбит, баай опыттаах иитээччи Александрова Мария Тимофеевна сүрдээх таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Улуус, республика таһымнаах семинардары, аһаҕас уруоктары, дьарыктары ыыппыттара. Биир идэлээхтэригэр саҥа сүүрээҥҥэ үктэнэллэригэр күүс-көмө буолбуттара.
Сунтаар, Элгээйи начальнай оскуолаларын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээбиппит. Опыт атастаһан бэйэ-бэйэбитигэр ыалдьыттаһарбыт. 1991 сыллаахха улууска аан бастаан ыытыллыбыт “Учитель года” күрэххэ Чуручанова Наталья Васильевна бастаан , оскуолабытыгар биир бэлиэ түгэни хаалларбыта. Республикаҕа финалга киирэн “Мисс Дидактика” диэн үрдүк сыанабылы ылбыта.
Бу курдук Үөһээ Бүлүүтээҕи начальнай оскуолатын кэллиэктиибэ инникигэ эрэллээх, үрдүк кирбиилэри дабайарга бэлэмнээх үлэлииргэ, бастакы олуга ууруллубута.
Кынатов Александр Васильевич
Директор начальной школы в 1992-1997
Александр Васильевич с 15 августа 1990 г. начал педагогическую деятельность учителем физкультуры в в Верхневилюйской начальной школе.
В 1992 году был избран коллективом начальной школы директором и проработал в течение пяти лет. (до 11 апреля 1997г.) 1997-1998 зам.начальника управления образования, 1998-2000 директор Верхневилюйской СОШ№1 им.И.Барахова, 2000-2006 зам.директора СОШ №1.
Молодой директор оправдал надежды своего большого коллектива: оказался не только инициативным, творческим руководителем, но и хорошим хозяйственником, организатором. Недаром бессменный учебный завуч начальной школы Львова А.Я. говорила: «Счастье нашей школы в том, что нам везет на хороших директоров».
Александр Васильевич умел увлечь новыми идеями весь коллектив, смело вводил инновации в учебный процесс, в методику работы. Первым в улусе открыл штат школьного психолога, удачно и мудро выбрав кандидатур Тюкяновой А.Н, Ивановой Л.Е., Александровой М.Т. Впоследствии в школе появился кабинет и сплоченная команда психологов.
Стал инициатором введения урока английского языка со 2-го класса. Александром Васильевичем была разработана программа урока «Шахматы» в начальных классах. Эти уроки вели сам автор и Андреева А.И. Дети с 1-го класса стали изучать азы шахмат, что способствовало развитию у них логики, математических способностей.
Молодой директор уделял большое внимание преемственности между детским садом и начальной школой. Именно во время деятельности Александра Васильевича появились традиционные сейчас встречи учителей начальных с родителями выпускников детских садов. Игнатьева Е.В. вспоминает, как вначале учителей испугала необходимость выбирать направление для своего класса, разработка программы, выступления по детским садам. Потом эта идея была понята коллективом, принята с творческим энтузиазмом. А родители получили возможность ознакомиться с программой каждого учителя, выбрать для своего ребенка класс по его способностям, возможностям.
В начальной школе появились классы с математическим, гуманитарным направлением, прогимназические, коррекционные, классы «Дьо5ур». Это дало толчок для новых творческих начинаний учителей, для интересной работы методических объединений, для совместной работы с родителями. Учителя стали активно внедрять в своей работе новые развивающие технологии и системы Занкова и Эльконина –Давыдова, проходили курсы, семинары, стажировки в г.Якутске, г.Москве. У учащихся повысился интерес к учению, появилось больше возможностей для развития их творческих, способностей. Начальная школа пользовалась огромной популярностью среди родителей, число параллелей стало доходить до семи.
Молодой руководитель сочетал высокую профессиональную эрудированность с большой ответственностью, хозяйственностью. Ежегодно проводились ремонты школы, в зимнее время директор постоянно лично проверял учебные кабинеты, котельную со старым ненадежным оборудованием. Добивался стройки нового здания для школы, поднимал этот вопрос в СМИ.
Все коллеги, ученики отмечают доброту и сострадательность, искренность и справедливость, внимательное и уважительное отношение Александра Васильевича к окружающим. Учащихся своей школы, более 570 детей, знал каждого в лицо. В каком классе, у какого учителя учится каждый из них и это вызывало огромное уважение детей к директору. Руководя огромным коллективом из 47 учителей и 25 техработников, он знал о проблемах каждого в отдельности, старался в трудную минуту поддержать, помочь. В трудные годы задержек зарплаты в первую очередь обеспечивались дровами ветераны, одинокие женщины, оказывалась посильная финансовая помощь.
Поэтому весь коллектив под руководством Александра Васильевича работал сплоченно, творчески и плодотворно.
Александров Аскалон Михайлович
Директор начальной школы 1997-2008гг.
Дириэктэринэн үлэлээбитэ: 1997- 2008 сс.
Наҕараадалара, анал ааттара: СӨ Үөрэҕин министерствотын уонна ИПКРО Бочуотунай грамоталара, “Саха-Азия оҕолоро” аан дойдутааҕы фонда стипендиата-1996, “Сыл учуутала” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус суперфиналиһа-1996, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна-1998, Россия Айымньылаах педагогикатын Академиятын академига-2005, “Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕэриитин бочуоттаах үлэһитэ”-2017
Бастакы сүhүөх оскуолаттан орто оскуолаҕа
1997 сыл олунньутуттан Үөhээ Бүлүүтээҕи бастакы сүhүөх оскуола директорынан анаммытым. Ол саҕана оскуола 570 үөрэнээччилээх улууска оҕотун ахсаанынан саамай улахан оскуола этэ. Урукку бастакы нүөмэрдээх Бараахап аатынан орто оскуола тэлгэhэтигэр ордон хаалбыт куорпустарга үөрэнэрбит. Сүрүн куорпус 1937 сыллаахха, оччотооҕу типовой бырайыагынан тутуллубут дьиэ этэ. Онтон атын икки куорпус хаhаайыстыбанай ньыманан тутуллубут, туһаныллар ресурсалара бүтэн нэhиилэ турар дьиэлэр этилэр. Хайа алын сүhүөх оскуола арыллыаҕыттан саҥа оскуоланы туттарыы боппуруоhа турбута.
Ол да буоллар, былыргыттан олохтонон хаалбыт үлэҕэ бэриниилээх, үөрэххэ туhаныллар саҥа ньымалары сэргиир, ураты ис туруктаах коллективка үлэлии кэлбитим. Учууталлар биир санаалаахтарын кытта түмсэн көрдүүллэригэр, үлэлииллэригэр, сайдалларыгар кыах биэрэн лабораторияларынан үлэни тэрийбиппит. Ол курдук математика предметигэр хайысхалаах учууталлар «Толкуй» лабораторияҕа түмсүбүттэрэ. Онтон тылларга хайысхалаах учууталлар, манна киирэллэр нуучча, саха уонна английскай тылларга хайысхалаах учууталлар, «Лингва» лабораторияҕа түмсүбүттэрэ. Онтон үөрэтии-иитии процеhыгар оҕо айар-тутар дьоҕурун сайыннарар бөлөх «Дьоҕур» лабораторияҕа үлэлээн-хамнаан барбыттара. Бу үлэлэри барытын ырытар, тэҥниир инники тускулун түстүүр лабораториянан «Диагностика» буолбута. Манна киирэллэр школа администрацията, оҕо хамсааhынын тэрийэр педагогтар, психолог, социолог. Маны таhынан кылаас параллелларынан, ол аата 1 кылаастар 4-түү, 2 кылаастар, 3 кылаастар 4 – түү, 4 кылаастар 4-түү буоланнар бэйэлэрэ туспа методическай холбоһук буолаллара. Ол оскуола ыытар тэрээhиннэрин салайыыга уонна оскуола иhинээҕи үөрэтии-иитии хонтуруолун ыытарга табыгастаах тэрээhин буолара. Үлэни маннык тэрийбиппит улахан таhаарыылаах, айымньылаах буолбута. Учууталлар ис кыахтарыгар эрэллэрэ улаатан, кыахтарын таба туhанарга кыhаллаллара. Ол түмүгэр талбыт темаларыгар кэтээн-көрүү, түмүк оҥорорго дьулуhаллара, киэҥ араҥаҕа таhааран ырытыhаллара, доклад суруйан педагогическай ааҕыыларга кытталлара элбээбитэ. «Сыл учуутала» учууталлар күрэхтэригэр өрүү кытталлара, бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэрэ. Оконосов Егор Дмитриевич республиканскай «Учитель года» күрэххэ суперфиналга тахсан «Сердце отдаю детям» номинацияҕа хаhаайына буолбута да учууталлар таhымнара үрдээбитин бэлиэтиир.
Учууталларбыт методическай разработкаларын, интэриэhинэй уруоктары, кылаас таhынааҕы үлэлэрин брошюра таhааттаран опыттарын тарҕатар буолбуттара. Александрова М.Т., Корякина У.Н., Игнатьева Е.В., Чуручанова Н.В. оҥорбут «Хонтуруолунай ааҕыылар текстэрэ» диэн үлэлэрэ Үөрэх Министерствотынан бигэргэтиллэн, 5 тыh. экземплярынан бэчээттэнэн тарҕаммыта.
Россия таhымыгар «Педагогический вестник» хаһыат нөҥүө ыытыллар конкурстарга кыттарбыт, 1998 сыллаахха «Организация учебного процесса, научно-исследовательской экспериментальной работы в школе» диэн Бүтүн Россиятааҕы конкурска кыттан, оскуола дипломант аатын ылбыта. Икки төгүл Бүтүн Россиятааҕы оскуолалар конкурстарыгар кыттан «Школа года-2001» уонна «Школа года – 2003» конкурс лауреаттара буолбуппут. Оскуолабытын «Большая энциклопедия лучших школ России» киллэрбиттэрэ.
2003 сыллаахха Саха сирин үөрэҕин министринэн, биhиги биир дойдулаахпыт Феодосия Васильевна Габышева анаммыта. Оскуола тутуутугар ханнык эмэ эрэл уота кылайбыта. Ол эрэн, бу кэмҥэ улууспутугар оскуолалар балаhыанньалара мөлтөх этэ. Үөhээ Бүлүүтээҕи начальнай оскуола тутуута республикаҕа финансовай турук уустугуран уонна улууска саҥа оскуола тутуутун ахсаана республика үрдүнэн саамай элбэҕинэн сибээстээн, күчүмэҕэйдэммитэ.
Россия үөрэҕин министрэ А. А. Фурсенко үөрэхтээhин нормативнай көрүҥҥэ көhөрүнэн Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыта. Кини Үөhээ Бүлүү улууhугар кэлэ сылдьан биhиги оскуолабытын көрбүтэ. Оскуола историятын, бүгүн хайдах үлэлии олорорун мин билиhиннэрбитим. Министр ону улаханнык сэргии истибитэ. 5 мүнүүтэ оннугар бүтүн чаас аҥаара тото-хана кэпсэтии түмүгэр, «оскуола тутуллуута саҕаланарыгар мин кыhаллыам»- диэн тылын биэрбитэ. Бу кэпсэтии саҥа оскуола тутуута государствонан инвестированияҕа киирэригэр төрүөт буолбута.
Салгыы министир А.А. Фурсенко Саха Республикатын оччотооҕу президенин В.А. Штыровтуун көрсүһүүлэригэр Үөһээ Бүлүүгэ сырыытын билиһиннэрбитэ уонна 360 миэстэлээх оскуола тутуутун 2013 сылга дылы правительство үбүлээһинигэр киирэр объектарга киллэттэрэргэ санаатын эппитэ.
Ити кэмҥэ Ил Түмэн депутата Федот Семенович Тумусов бюджеттан 4 мөлүйүөн солкуобайы көрдөрөн проектыыр-чинчийэр үлэлэр саҕаламмыттара. Оскуола проегын «Саха проект» тэрилтэ оҥорор буолта. Бу тэрилтэҕэ тиийэн проегы ырытыhан, этии киллэрэн үлэлэhэн барбытым.
2006 сыллаахха И.Н. Барахов 130 сыллаах үбүлүөйүгэр Саха Республикатын Үөрэҕин министирэ Ф.В. Габышева кыттыылаах саҥа оскуола бастакы сваятын үөрүүлээх майгыга түһэрии буолбута. Бу ыытыллыбыт, кэпсэтиллибит бары үлэлэр Феодосия Васильевна хонтуруолунан ааспыттара.
Биир санаанан айымньылаахтык үлэлээбит коллегаларбар өрүү махтанабын. Ол курдук өр сылларга начальнай кылаастар завучтарынан үлэлээбит баай опыттаах Анастасия Яковлевнаҕа, иитэн-такайан таһаарбыт бэйэтин оннугар хаалларбыт, кинини солбуйбут Тамара Афанасьевна Даниловаҕа, Сантаева Надежда Ивановнаҕа, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Варламова Антонина Платоновнаҕа. Кинилэр, хас биирдии учуутал бэйэтин идэтин өрө тутарыгар, киэҥ билиилээх буоларыгар, куруук саҥаны туһанарыгар, үлэтигэр айымньылаахтык сыһыаннаһарыгар уонна төрөппүккэ холобур буолар хаачыстыбалары иҥэринэригэр араас хабааннаах семинардары, тематическэй педсоветтары, төгүрүк остуоллары, көрсүһүүлэри, конкурстары уо.д.э тэрээһиннэри ыыталлара. Элбэхтик аһаҕас уруоктары тэрийэн сыыһаны-халтыны туоратыыга күүскэ үлэлэһэллэрэ. Эдэр учууталларга наставник, саҥаны киллэриигэ мэлдьи инники сылдьар көхтөөх учуутал Чуручанова Наталья Васильевнаҕа, кырдьаҕас опыттаах сүбэһит учууталбытыгар Платонова Валентина Николаевнаҕа, инникигэ ураты көрүүлэрдээх Александрова Мария Тимофеевнаҕа, Борисова Валентина Андреевнаҕа, Алексеева Альбина Макаровнаҕа,. Коллектив үлэтин өйөөччү, эппитин энчирэппэккэ толотторор профсоюз председателя Сортолова Зинаида Егоровнаҕа.
Оскуола коллектива сүрдээх көрдөөх, эйэлээх, айымньылаахтык үлэлииргэ дьулуhара. Ол иhин да ситиhиилэрбит үрдүк этилэр. Айымньылаахтык үлэлиир учуутал үлэтэ бириэмэтигэр сыаналаныахтаах диэн толкуйдуубун. Мин үлэлээбит 11 сылым устата 2 Саха сирин үтүөлээх учуутала, 15 Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна уонна да атын правительственнай, ведомственнай, муниципальнай наҕараадалары оскуола учууталлара ылбыттара. Маннык коллективка үлэлээн ааспыппыттан олус астынабын.
Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, РФ Айымньылаах педагогика Академиятын академига, «Саха-Азия оҕолоро» фондатын педагог стипендиата, Үөhээ Бүлүү үөрэҕириитин бочуоттаах үлэhитэ.
1997-2008 сс. Үөhээ Бүлүүтээҕи алын сүhүөх оскуола директора Александров Аскалон Михайлович.
Ан Михаил Васильевич
Директор начальной школы 2008-2012гг.
2008-2012 сс. Үөһээ Бүлүү алын сүһүөх оскуолатын дириэктэрэ
Наҕараадата: ИПКРО Бочуотунай грамотата, “Почетный член РОСТО (Российская оборонно – спортивная техническая Организация)-2010 “ бэлиэ хаһаайына.
Үлэһит дьонноох оскуолам
2008 сылга Харбалаах орто оскуолатыгар директорынан үлэлиир дуогабарым бүтэн, улуус баһылыгын В.С. Поскачин уурааҕынан, Үөһээ Бүлүү бастакы сүһүөх оскуолатыгар директорынан анаммытым. Улуус үөрэҕин начальнига Кондаков И.И оскуола коллективын кытта билиһиннэрбитэ.
Үлэлии киирэрбэр үөрэнэ олорбут урукку бастакы нүөмэрдээх Бараахап оскуола корпуһа аварийнай туруктааҕа. Чинчийэр-научнай институттан хамыыһыйа кэлэн оскуоланы сабарга уураах таһаарбыта. Онон үс сиринэн тарҕанан биир бастакы кылаас «Аленушка” детсадка, сорох кылаастар И.Н. Барахов аатынан орто оскуола биир эҥэлэйигэр, сорохтор эргэ үһүс нүөмэрдээх оскуола мастарыскыайыгар көспүттэрэ. Бастакынан, ирдэбил быһыытынан, ичигэс туалеты туттарыы, дьиэни ититии соруктара турбуттара. Үөрэнэргэ, үөрэтэргэ араас тэрээһиннэри ыытарга үс сиринэн, икки сменанан үлэлиир буолан, элбэх күчүмэҕэйдэр бааллара. Бу кэмҥэ физкультура уруоктара ДЮСШ залыгар буолаллара. Онтон кэлин ЖКХ зала тутуллан уруоктар онно көспүттэрэ. Бу бириэмэҕэ гособрнадзор бэрэбиэркэтэ сүрдээҕин күүһүрбүтэ. Лицензия, аккредитация ылыы үлэтэ саҕаламмыта. Биһиги мастарыскыайбыт көҥүл ыларга нуормаҕа эппиэттээбэтэ, ол иһин И. Н. Барахов аатынан оскуола аадырыһынан көҥүл ылан, оҕолорбутун салгыы үөрэппиппит.
Саҥа оскуола тутуутун проега оҥоһуллан баран тутуута көһөн испитэ. Тутуу түргэтииригэр улуус баһылыга Поскачин В.С., биһиги депутаппыт Миронов А.С., үөрэх миниистирэ Габышева Ф.В. сүбэ-ама, күүс-көмө, тирэх буолбуттара. Өссө биир улахан сабыдыалынан, Ил Дархан Е.А Борисов Хоро оскуолатын аһыллыытыгар кэлбит кэмин туһанан, биэс сүүсчэкэ төрөппүт илии баттааһыннаах оскуола тутуутун түргэтэтиигэ көрдөһүү суруктарын сырсан тиийэн, манаан туран, эт илиитигэр туттарбытым буолар. Сурукпун биэрэрбин көҥүллээмээри гыммыттарыгар Егор Афанасьевич: “Кыһалҕалаах киһи кэлэн турар. Истиэххэ. Суругу ыллым. Барытын өйдөөтүм”, — диэбитигэр сүрдээҕин үөрбүтүм. Ол кэнниттэн уон араас тэрилтэттэн сурук бөҕө кэлбитэ. Устунан оскуола тутуллуута саҕаланан барбыта. Сайыныгар эргэ оскуолабытыгар омук бөҕө кэлбитэ. Тутууну “КИНГ-95” диэн тэрилтэ ылбыта уонна үлэтин саҕалаабыта. Оскуола тутуутун саҕаланыытын кэллэктиип өрө көтөҕүллэн бэлиэтээбитэ. Ытык киһибит, Кирилл Никонович Никифоров тутуу этэҥҥэ түмүктэнэригэр алгыһын эппитэ. Тэрээһини үөрэх миниистирэ Феодосия Васильевна Габышева арыйбыта.
Төһө да үлэлииргэ усулуобуйа суоҕун иһин оскуола кэллэктиибэ сүрдээх көхтөөх, түмсүүлээх этэ. Улууска бастыҥ үлэлээх оскуолалар ахсааннарыгар саҥаны киллэриигэ инники күөҥҥэ сылдьара. Кэллэктиип сүрдээх күүстээх таһымнаах учууталлардааҕа. Ол курдук, Ил Дархан Гранын ылбыт Чуручанова Наталья Васильевна, Сантаева Надежда Ивановна, Яковлева Анна Андреевна учууталларга саҥаны киллэриигэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолаллара.
Саҥа үлэлии кэлэрбэр оскуола салалтатыгар Данилова Т.А., Ноттосова В.В., Харитонова Г.С. үлэлииллэрэ. Кинилэр саҥа кэллэктиипкэ киирэрбэр, үлэлиирбэр өйөбүл-тирэх буолбуттара. Онтон солбуллубат профком салайааччыта Зинаида Егоровна Сортолова оскуола бары тэрээһинин сатабыллаахтык салайсан, этэн-тыынан, дьону тылыгар киллэрэр ураты дьоҕурдааҕа, үлэни тэрийэргэ олус туһалыыра. Оскуола иитэр үлэтэ түмүктээх буолбута. Иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Харитонова Г.С. Саха Республикатын Ил Дарханын Гранын ылбыта. Прокопьева Е.П, Жендринская Н.В., Корякина А.А. буолан салгыы айымньылаахтык үлэлээбиппит.
Элбэх ыарахаттары туоруурга күнүстэри-түүннэри бииргэ үлэлээбит уолаттарбын Кузьмин Игорь Ибрагимовиһы, Чуручанов Николай Дмитриевиһы, Андреев Альберт Маркеловиһы, Васильев Михаил Руслановиһы, Шилеув Аман Таутеновиһы истиҥник саныыбын, дириҥник махтанабын. Саамай тутаах үлэһитим, уҥа илиим, документоведым Кетехов Владимир Романович үлэтигэр олус бэриниилээх, билиилээх-көрүүлээх үлэһит этэ. И.Н.Барахов аатынан орто оскуола директора Ченохов Василий Васильевич («дьээдьэм») эдэр салайааччыга күүс-көмө, өйөбүл буолбута, элбэххэ үөрэппитэ. Министиэристибэҕэ барар бары докумуоннарбын Василий Васильевич сөптөөх гына көннөрөн, тупсаран биэрэрэ. Киниэхэ “дьуккаах” буолан бэркэ үлэлээбиппит, кыһалҕалаах кэммитигэр биһигини өйөөбүтэ. Кэллэктиип сынньалаҥы көхтөөхтүк ыларбыт: элбэхтик ыллыырбыт да, үҥкүүлүүрбүт да. Үлэлиири да, сынньанары да сатыыр этибит. Манна үлэлээбит кэмнэрбин астына саныыбын, кэллэктииппэр барҕа махталбын тириэрдэбин, күн бүгүнүгэр дылы сибээспин быспаппын. Оскуолабыт барахсан тупса, киэркэйэ турдун!
2008 сылтан 2012 сылга диэри
оскуола директорынан үлэлээбит эдэр салайааччы
Ан Михаил Васильевич
Кынатов Юрий Васильевич
Директор начальной школы 2012-2013
Директор Верхневилюйской СОШ№4 им.Д.С.Спиридонова с 2013г.
Кынатов Юрий Васильевич начал педагогическую деятельность в 1994г. учителем истории Верхневилюйской восьмилетней школы. В 1994-1998 гг работал учителем истории в Верхневилюйской СОШ№2, а в 1998г. перешел в Верхневилюйскую гимназию. С 2006г.зав.кафедрой гуманитарных предметов, с 2010г. зам.директора по НМР. Будучи классным руководителем, выпустил классы в 1999, 2002, 2009гг.
Всего за годы педагогической деятельности ученики Ю.В. Кынатова 60 раз побеждали в улусных олимпиадах по истории, праву, экономике, обществознанию. 10 раз участвовали и были призерами республиканских суперфиналов. 19 раз были призерами окружных олимпиад Сети Президентских Школ, 25 раз – окружных олимпиад СУНЦ НГУ. 50 учащихся выбрали исторические, юридические и факультеты госслужбы. Был классным руководителем трех выпусков. Среди этих учеников Кынатова Ю.В.- кандидат исторических наук, аспиранты, работники МВД и прокуратуры, следственного комитета РФ, учителя истории, директора школ и руководители предприятий. За эти годы он показал себя как целеустремленный, трудолюбивый человек с высоким уровнем теоретической и профессиональной подготовки, постоянно работающий над повышением своего педагогического и методического мастерства. Его уроки всегда грамотны и содержательны, он в любых обстоятельствах умеет работать с детьми в сотрудничестве, умело поддерживает и стимулирует инициативу учащихся. Особое внимание обращает на развитие кругозора, активной мыслительной деятельности, творческой самореализации и, самое главное, основной упор делает на воспитание личностных качеств учащихся. Много занимается общественной работой, передает свой богатый практический опыт учителям региона, республики. Будучи заведующим кафедрой гуманитарных дисциплин гимназии (2006-2010) осуществил большое количество успешных проектов. Это сотрудничество с гуманитарной кафедрой СУНЦ НГУ в виде публикаций учителей республики в журнале «Вестник НГУ», проведения олимпиад СУНЦ НГУ по истории, английскому и русскому языку. Это возвращение в 2011г. в Верхневилюйск финала по Якутии Всесибирской олимпиады по физике и математике. Это юридическая олимпиада Прокуратуры РС(Я). Это кубок чемпионов и предметные чемпионаты вилюйской группы улусов в 2007-2011гг. Педагог активно участвовал в различных конкурсах, конференциях, много давал открытых уроков и мастер-классов по всей Якутии, участвовал с докладами на всероссийских конференциях, активно публиковался в педагогических журналах, был победителем всероссийского конкурса «Патриоты России», вторым призером республиканской олимпиады среди учителей истории 2008г., финалистом «Учитель года России-2010». С тех пор организовал Клуб «Учитель года РС(Я)», который проводит региональный конкурс «Учитель года западной Якутии» и педагогические десанты лучших учителей России. За 8 лет в Якутии побывали абсолютные победители, победители и лауреаты самого престижного конкурса и повысили квалификацию тысячи учителей якутских школ. Юрий Васильевич с 2010г. неизменно входит в состав жюри республиканских конкурсов «Учитель года» и «Старт в педагогику». В 2014и 2016 гг. был приглашен в жюри «Учителя года России». Участник I всероссийского съезда учителей истории и обществознания 2011г., II съезда учителей сельских школ России 2014г.,XIII cъезда учителей и педагогической общественности РС(Я) в 2015г., I съезда выпускников ЯГУ-СВФУ в 2017г.
В 2012г. назначен директором новой школы №4, принял активное участие в строительстве и созидании школы, достойной современного времени. Новые проекты стали осуществляться в Верхневилюйской СОШ№4. ( поддержка сельских малокомплектных школ, сотрудничество с сетью школ, преподающих китайский язык, стажировочные площадки учителей года России, стажировки учителей улуса в ведущих школах России, сотрудничество с АПК и ППРО, с ИФ СВФУ, ИСФиР СВФУ, организация выездных семинаров директоров школ в ОУ Москвы и Петербурга, и тд)
Юрия Васильевича Кынатов — современный руководитель, успешный педагог, постоянно находящийся в поиске, готовый поддержать идею и организовать педагогов на совместную деятельность.