Оскуола профкома ветераннарга хас бырааһынньык аайы болҕомтотун уурара үөрүүлээх, махталлаах дьыала.
Билии күнүнэн оскуолабыт ветераннарын, массыынанан кэрийэ сылдьан эҕэрдэлээтилэр, сибэкки дьөрбөтүн туттаран, аҕам саастаах ветеран-учууталларбытыгар үөрүүнү бэлэхтээтилэр, санаалар көтөхтүлэр, махтал истиҥ тылларын иһиттилэр.